«Сонор» туһунан
«Сонор» оонньуу айыллыбыта быйыл 30 сылын туолла. Бу- өйү-санааны сайыннарар, оҕону олоххо бэлэмниир ооньуу. «Сонор» биһиэхэ, сахаларга, олус дириҥ ис хоһоонноох тыл. Булчут аар тайҕа кыылларын суоллаан сонордоон тутар. Булду эбэтэр тугу эмэ сыаллаах эккирэтээччини сонордьут диэн ааттыыллар.
«Сонор» аан дойду таһымыгар тахсыбытынан ЖИПТО дэнэр- «Интеллектуальная игра преследования для всех» эбэтэр «Интеллектуальная игра преследования Томского». ЖИПТО билигин, быһа холоон, 2300 көрүҥнээх. Ол курдук остуол оонньуута эрэ буолбакка, графика, компьютер курдук уонна киһи хаама сылдьан оонньууругар кытта анаммыт көрүҥнэр бааллар. Оонньуу хайдах сайдан иһэрин СОНОР-ЖИПТО Федерацията кэтээн көрөр, араас таһымнаах күрэхтэһиилэри тэрийэр. «Сонор» оонньуу Саха сиригэр 1988 сыллаахтан киэҥник биллэр. Бу оонньууну профессор Григорий Васильевич Томскай толкуйдаан айан оҥорбута, билигин Францияҕа олорор, ФИДЖИП Аан дойдутааҕы федерация уонна КОНКОРД Аан дойдутааҕы Президенэ.
«Сонор» дьикти оонньуу быраабылатын кытта билсиэххэйиҥ
«Сонор» хонуутугар икки киһи утарыта оонньуур. Бастакы киһи-куотааччы. Кини 6 кыра ньыкааны ылар. Мантан биир ньыкаата хонуу таһыгар хаалар, кини хаамтарааччы буолар. Ньыкаа диэн нууччалыыта-фишка . Фишка диэн сахалыыта- ньыкаа. Иккис киһи- эккирэтээччи, ол аата сонордьут. Кини икки улахан ньыкаалаах, онтон биирэ-хаамтарааччы, эмиэ хонуу таһыгар турар.
Оонньуу сүрүн соруга тугуй?
Сонордьут куотан иһэр киһитин күөйэн-хаайан, араас хайысханан эккирэтэн таарыйыахтаах. Оттон куотааччы очколаах сурааһыннар диэки бара сатыахтаах.
Ньыкаа хаамыыта сыһыары ууруунан оҥоһуллар. Хаамыахтаах ньыкааҕын хамсаабатын диэн сөмүйэҕинэн хам баттыыгын уонна хонуу таһыгар турар хаамтарааччы ньыкааҕын сыһыары тутан, талбыт хайысхаҕар ууран хаамаҕын. Сөмүйэҕинэн баттаабыт ньыкааҕын оргууй аҕай, оттон уурбут ньыкааҥ хонууга хаалар.Маннык ньыманан кыра (куоттааччы) уонна улахан (сонордьут) ньыкаалар хардары-таары хаамаллар.
Хонуу үс сурааһыннаах- А (бастакы, 1см), В (иккис, 9см) уонна С (үһүс, 9см). Бу сурааһыннар оонньуу кэмигэр хас очкону ыларын быһаарар суолталаахтар. Холобура, кыра ньыкаа А, В, С сурааһыннары таарыйдаҕын аайы, биирдии очко ааҕыллан иһэр.Ким элбэх очкону ылбыт кыайар.
«Сонор» кистэлэҥэ
Киһи олоҕун тухары иннигэр турар соруктары быһаарар. Онуоха ахсаан уонна геометрия предметтэрэ олук буолаллар, киһи сыалын ыйан , ыллыктаан көрдөрөллөр. Сыалгын ситиһэргэр өйгөр сурааһыннары уруһуйдаан сирдэтинэр эбиккин. Ол аата «Сонору» оонньуу үөрэммит оҕо олоҕун ханнык баҕарар үктэлигэр, балаһыанньаҕа түргэнник хоруйу, биэрэр дьоҕурданар. Санаабытын сөпкө ыпсаран, ситиһиини сонордоон тиийэн ситэр кыахтанар. (Чуораанчык, 2018 №5)
«Сонор» өй-толкуй оонньуута оҕоҕо көмөтө-туһата?
Оҕону билиэн-көрүөн баҕатын уһугуннарар. Өйү-санааны, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар, өр сатаан олорорго, ааҕарга-суоттуурга, болҕомтолоохтук бэриллибит сорудаҕы былааннаан толорорго, толкуйдаан оҥорорго, ол толкуй кинини бэрээдэктиир,сааһылыыр, кытаанах санаалаах буоларга уһуйуллар.Хайдах хаамтахпына кыайыыны ситиһэбин диэн оҕо толкуйдуу үөрэнэр.Билиитэ-көрүүтэ, интэриэһэ кэҥиир. Сыал –сорук туруорунарга уонна ону ситиһэргэ үөрэтэр. Киһи быһыытынан холку-наҕыл, дуоспуруннаах,чиэһинэй, булугас, мындыр, сып-сап туттуулаах, сыаллаах-соруктаах, сонордьут, бэйэтин иннин көрүнэр, быһаарсар, ситиһиилээх, инникигэ дьулуурдаах, олоххо тардыһыылаах киһи буолар.
«Сонор» оонньуу уһуйааччыта Захарова Анна Елисеевна