«Сонор» оонньуу туох туһалааҕый?

«Сонор» туһунан «Сонор» оонньуу айыллыбыта быйыл 30 сылын туолла. Бу- өйү-санааны сайыннарар, оҕону олоххо бэлэмниир ооньуу.   «Сонор» биһиэхэ, сахаларга, олус дириҥ ис хоһоонноох тыл. Булчут аар тайҕа кыылларын суоллаан сонордоон тутар.     Булду эбэтэр тугу эмэ сыаллаах эккирэтээччини сонордьут диэн Читать дальше …

«Айыы Боотура» — СОНОР оҕо сатабылын сайыннарар олоҥхо дойдутун хамсаныылаах оонньуута

«Айыы Боотура» —   СОНОР  оҕо сатабылын сайыннарар олоҥхо дойдутун хамсаныылаах    оонньуута Орто дойду олоҕун эриэккэс биир көстүүтүнэн  оҕо оонньуута  буолар. Оҕо кыра сааһыттан оонньоон олоҕун тута үөрэниитэ сайдар.  Мээнэҕэ этиллибэт Улуу Суорун этиитэ … оонньооботох оҕо олоҕо тутах буолар… оҕо Читать дальше …

Эн дьолуҥ оҕо

Ийэ-аҕа улаханнык мөхпөккө-такайбакка да, аҥаардас бэйэтин үтүө холобурунан иитэрэ оҕоҕо олус тиийимтиэ. Маныаха төрөппүт оҕотугар бэйэтин итэҕэс өттүн көрдөрбөт, иһитиннэрбэт буола сатыахтаах. Бэйэ холобурунан иитии- оҕону иитии саамай күүстээх ньымата буоларын өйдөөн, оҕолорбут баалларыгар, көрөн-истэн чоҕулуһан олордохторуна, туох да куһаҕан Читать дальше …

Бэргэн этиилэр

Оҕо туох интэриэстээх, хайдах майгылаах-сигилилээх киһи буолара оонньууруттан улахан тутулуктаах. Оҕо оонньуурун кэтээн көрөн, хайдах киһи буолуон быһаарыахха сөп. Оҕо оонньууга ситэр-хотор, киһи быһыытынан олоҕун бастакы суолун таптаан оонньообут оонньуутуттан булар. (Николай Босиков) Оҕо ийэ-аҕа тапталын билиэхтээх, истиҥ иһирэх тапталга Читать дальше …

Чабырҕахтыырга эрчиллиилэри оҥоруу

  Чабырҕахтыахпыт иннинэ туох эрчиллиилэри оҥоробут? (тыыныы, сирэй, харах, тыл, уос эрчиллиилэрин) 1)      Тыыныы эрчиллиилэрэ — муннунан тыынан салгыны  искэр киллэрэҕин, уоскун «о» дорҕоонунан тутан искиттэн айаххынан сыыйа салгыны таһаараҕын. Эрчиллиилэри оҥоруу -Сибэкки сыттааһын -Току-току ньээми үрүү (Ооҕуй оҕус,түү) -Биир Читать дальше …

Саха сиэрэ-майгыта

                                                                      Олох .   Олоҕуҥ- Үрдүк айыылартан эйиэхэ тус бэйэҕэр биирдэ эрэ ананар сүдү бэлэх: күндүнү күндү курдук көмүскүөх, харыстыах тустааххын. .   Олох сүрүн суолтата – ыал буолан, чэгиэн оҕолору төрөтөн, сиэрдээхтик иитэн, киһи – хара оҥоруу уонна сааһыҥ тухары Читать дальше …