Бэргэн этиилэр

Оҕо туох интэриэстээх, хайдах майгылаах-сигилилээх киһи буолара оонньууруттан улахан тутулуктаах. Оҕо оонньуурун кэтээн көрөн, хайдах киһи буолуон быһаарыахха сөп.

Оҕо оонньууга ситэр-хотор, киһи быһыытынан олоҕун бастакы суолун таптаан оонньообут оонньуутуттан булар. (Николай Босиков)

Оҕо ийэ-аҕа тапталын билиэхтээх, истиҥ иһирэх тапталга иитиллибит оҕо киһи быһыытынан сайдарыгар, олоххо бэлэм буоларыгар көмөлөөх буолар. (Ф.В. Габышева)

Оҕо син үүнээйи кэриэтэ эбээт. Киһи кэрэхсии көрөр буола силигилии чэчирээһинэ, эбэтэр буортутуйан, тоһута хатан сир бөҕө буолуута бүөбэйдээччититтэн тутулуктаах. Ол тэҥэ оҕо туох-ханнык иитиини ылара төрөппүтүттэн. (Анна Варламова-Айысхаана

 Захарова Анна Елисеевна