«Мин ийэм логопед» семинар-практикум

Сэтинньи ый 14 күнүгэр, Аан дойду үрдүнэн логопедтар күннэригэр,биьиги уһуйааммытыгар «Мин ийэм логопед» диэн төрөппүттэргэ аналлаах практическай семинар буолан ааста.

dd9453e6-c92b-4558-944a-4fb52faaf66c

Уһуйааммыт логопедтара Семенова Ю.А., Иннокентьева Н.Ф. оҕо саҥатын сайыннарар эрчиллиилэри, дорҕоону араара истэр дьоҕуру тупсарар ньымалары, тарбах былчыҥнарын эрчийэр оонньуулары кэпсээтилэр, көрдөрдүлэр. Төрөппүттэрбит саҥарар аппараат былчыҥнарын сайынарар артикуляционнай эрчиллиилэри оҥорон көрдүлэр. Дьиэҕэ “оҕо саҥатын хайдах сайыннарабыт” диэн боппуруоска, араас сүбэлэри ыллылар.

adf3eb31-afc0-433a-8307-08677632c58f

Биьиги уһуйааммыт логопедтарын, тыл сайдыытыгар анааллаах, илиинэн оҥорбут оонньуурдарын, пособияларын выставкатын  сэҥээрэн көрдүлэр. Кэлэн кыттыыны ылбыт төрөппүттэрбитигэр махтанабыт!

ba3ceaf5-afb6-4630-ba28-a1acd6cbb843 (1)