Олунньу ый 12 күнүгэр 82 нүөмэрдээх «Мичээр» уһуйааҥҥа «Көрдөөх тарбахчааннар» маастар-кылаас ыытылынна. Онно иитээччилэр, уһуйааччылар күннээҕи үлэлэригэр туттар илии- тарбах оонньууларын көрдөрдүлэр. Тарбах оонньуулара оҕо доруобуйатын чэбдигирдиигэ, тарбахтарын былчыҥын эрчийиигэ, болҕомтотун, ойуулаан-дьүһүннээн көрүүтүн, толкуйдуур, ааҕар-суоттуур дьоҕурун сайыннарыыга, хайысханы булууга, сымсатык туттууга, ыраастык саҥарарга- улахан күүс-көмө буолаллар. Бүгүҥҥү маастар-кылааска бииртэн биир интэриэһинэй, сонун, ураты, туһалаах оонньуулары ( тарбах- эрчиллиилэр, хоһоон, чабырҕах, остуоруйа, араас сайыннарар оонньуулар) көрөн-истэн, тутан-хабан, дуоһуйа оонньоон сэҥээрдибит, кэрэхсээтибит, уопут атастастыбыт. Түмүккэ, 2021с үөрэх дьылыгар 82 нүөмэрдээх «Мичээр»уһуйаан «Көрдөөх тарбахчааннар» оонньууларын хомуйан иитээччигэ, төрөппүккэ аналлаах көмө хомуурунньук кинигэ таһаарарга быһаарынныбыт.
«Дьулуур» тэрийэр бөлөх