Саха сиэрэ-майгыта

 

  

                                                                 Олох

.   Олоҕуҥ- Үрдүк айыылартан эйиэхэ тус бэйэҕэр биирдэ эрэ ананар сүдү бэлэх: күндүнү күндү курдук көмүскүөх, харыстыах тустааххын.

.   Олох сүрүн суолтата – ыал буолан, чэгиэн оҕолору төрөтөн, сиэрдээхтик иитэн, киһи – хара оҥоруу уонна сааһыҥ тухары үтүөнү үксэтии, үйэлээҕи айыы-тутуу.

.  “Киһи олоҕо чыычаах түннүгүнэн элэс гынарын курдук кылгас,”-диэн өбүгэлэрбит бэргэнник эппиттэр. Оҕо саас, эдэр саас, орто саас, кырдьар саас-барыта олус түргэнник ааһар.

Киһи олоҕо Орто дойдуга олорбут сылларынан кээмэйдэнэр, оттон дириҥ ис хоһооно, суолтата төрөөбүт түөлбэтигэр, иитиллибит Ийэ дойдутугар туох үтүөнү-үйэлээҕи оҥорбутунан сыаналанар.

Иитиллэргэ тэриллибит  ийэ сирим

    Ийэ айылҕабытыгар салгын, уу уонна буор баар буолан, олох баар. Бу сүрүн суолталаах ытык тутулу хараҕыҥ харатын курдук харыстаа, кимиэхэ даҕаны киртиттэримэ, араҥаччылаа.

“Охтон баранар мастаах, уолан бүтэр уулаах, уостан сүтэр уйгулаах Орто туруу дойду” диэн өбүгэлэрбит улуу олоҥхобутугар сиэрдээхтик сэрэппиттэрэ,

“Олорор мутуккун кэрдимэ” диэн өс хоһооҥҥо холбообуттара.

 . Саха өйдөбүлүнэн, буор-ийэ, халлаан-аҕа, уу-эбэ, уот-эһэ.Сир-дойду,эбэ,хайа, хара тыа барыта иччилээх. Эһэкээҥҥин Аан Уххан тойону-уот иччитин аһата, кини нөҥүө ытык иччилэрдиин кэпсэтэ, кинилэртэн көрдөһө сылдьар буол.

 . Баай хара тыа иччитэ Байанай, уу иччитэ Күөх Боллох Тойон маанылаатахтарына, махтанан баран, сөп буоларгын эрэ ыл.

Төрөөбүт дойду уонна дьол

 . Киһиэхэ саамай күндүтэ-“Биһигин ыйаабыт сирэ”, төрөөбүт Ийэ дойдута.

. Хас биирдии киһи дьиэ кэргэнин, иэримэ дьиэтин. Ийэ дойдутун көмүскүүр ытык иэстээх.

. Саха киһитэ төрөппүттэрин, норуотун, Ийэ дойдутун хаһан да таҥнарбат.