Чабырҕахтыахпыт иннинэ туох эрчиллиилэри оҥоробут? (тыыныы, сирэй, харах, тыл, уос эрчиллиилэрин)
1) Тыыныы эрчиллиилэрэ
— муннунан тыынан салгыны искэр киллэрэҕин, уоскун «о» дорҕоонунан тутан искиттэн айаххынан сыыйа салгыны таһаараҕын.
Эрчиллиилэри оҥоруу
-Сибэкки сыттааһын
-Току-току ньээми үрүү (Ооҕуй оҕус,түү)
-Биир тыыныыга ахсаан ааҕыы (1-20,30…)
-Шаригы үрүү уо.д.а
2) Сирэйи эрчийии
* Айаҕы атыы, сыҥааҕы аллара түһэрии;
* Үөһэ уонна аллара тиистэри холбоон баран уоһу араастаан хамсатыы;
* Аллара тиистэри, сыҥааҕы инники диэки хамсатыы, айаҕы атан баран, сыҥаахтары эмиэ үөһэ-аллара хамсатыы;
* Сирэйи тарбах төбөтүнэн имэрийии, уһугуннарыы;
* Төбөнү уҥа-хаҥас хамсатыы, эргитии.
3) Хараҕы эрчийии
* харах тулатын тарбах төбөтүнэн чаһы стрелкатын хоту имэрийии;
- Тойон эрбэҕи муннугар сыһыаран баран, ылгын чыҥыйаны хамсатан уҥа-хаҥас, үөһэ-аллара көрүү;
- Хараҕы үөһэ-аллара , уҥа-хаҥас көрүү,эргитии ( эргичиҥнэтии);
Сирэй,харах эрчиллиилэрэ чабырҕаҕы ааҕарга туох туһалаахтарый?
(омуннаахтык,араастаан туттан-хаптан, көрөн-истэн туран ааҕарга олус туһалаахтар).
4)Тылы эрчийии
-тылы айах иһигэр үөһэ,аллара токурутуу,ыстааһын, уҥа-хаҥас хамсатыы;
-тылы бэлэс диэки иһирдьэ анньыы;
-Айаххын атан аллара түһэрэн баран, тылгын ыалдьыар диэри муннугар тириэрдэ сатааһын
Тыл эрчиллиитэ чабырҕах ааҕарга эрэ буолбакка, өссө хайдах саҥара үөрэнэргэ олус туһалааҕый? (чуолкайдык, ыраастык, саҥара үөрэнэргэ олус туһалаах).
5)Уоһу эрчийии
-уоһу о, ы дорҕооннорунан ырбатан хамсатыы;
-уоһу у дорҕоонунан төгүрүтүү, чорботуу;
-уоһу чорботон баран иннигэр уһатыы, уҥа-хаҥас хамсатыы.
Чабырҕах тургэнник эрэ этиллэр буолбакка, туох чуолкайдык иһиллэр буолуохтааҕый? (тыла)
Артикуляционнай гимнастика
Тылы чуолкайдык этиигэ үөрэнэр эрчиллиилэр:
1) а-ы, о-у, э-и, ө-ү;
2) аа-ыы, оо-уу, ээ-ии, өө-үү;
3) Быа,буо,биэ,бүө;
4) гбда-гбды, гбдо-гбду, гбдэ-гбди,гбдэ-гбду;
5) смта-смты,смто-смту,смтэ-смти,смтэ-смту;
6) прша-пршы,пршо-пршу,пршэ,прши-пршу,пршэ;
7) кнга-кнгы, кнго-кнгу, кнгэ-кнги, кнгэ-кнгу;
8) лча-лчы,лчо-лчу,лчэ-лчи,лчэ-лчу.
9) Харыйа-хоруйа,
Холбуйа-халбыйа,
Хаахыр-кыыкыр,
Хаххан-халҕан.
10) Лаглай-лыглый,
Логлой-луглуй,
Лэглэй-лиглий,
Лэглэй-луглуй.