«Айыы Боотура» — СОНОР оҕо сатабылын сайыннарар олоҥхо дойдутун хамсаныылаах оонньуута

«Айыы Боотура» —   СОНОР  оҕо сатабылын сайыннарар олоҥхо дойдутун хамсаныылаах    оонньуута

Орто дойду олоҕун эриэккэс биир көстүүтүнэн  оҕо оонньуута  буолар. Оҕо кыра сааһыттан оонньоон олоҕун тута үөрэниитэ сайдар.  Мээнэҕэ этиллибэт Улуу Суорун этиитэ … оонньооботох оҕо олоҕо тутах буолар… оҕо олоҕун оонньоон айар –тутар… бу  Сонор оонньууга  олус сыһыаннаах  этии буолар.

Эккирэтиилээх, булугас өй оонньуутун биһириир, кэрэхсиир, умсугутуулаахтык  оонньуур саха оҕотун оонньуута- инники суолун арыйар ДИП «Сонор» оонньуу буолар. ДИП диэн тыл «динамическая игра преследования» диэн нууччалыы этии кылгатыллыбытыттан тахсар.

Хас биирдии төрөппүт оҕотун кытта иллэҥ кэми көдьүүстээхтик атааралларыгар өйү сайыннарар бу  оонньуу олус туһалаах.

Олонхоҕо этиллэринэн «Боотур» диэн – киһи саамай ньургуна ааттанар. Боотур олоҕу алдьатар күүстэри утары охсуһар.

Билиҥҥи үйэҕэ уол оҕону иитиигэ  « Сонор» хамсаныылаах  оонньуу көмөтүнэн    Олоҥхо сүрүн өйдөбүллэрин иҥэрэ таарыйа  оонньуу ис хоһоонун билиһиннэрэбит уонна сатаан оонньуурга уһуйабыт. Оонньууну таба өйдөөн ылыммыт оҕо сатабыла сайдан  мындыр өйө уһуктан ,толкуйдаан тобула үөрэнэр  уонна интэриэһиргээн барыны-бары   сатыырга дьулуһар  буолар.

Олоҥхо тылын-өһүн, геройдарын, Айыы Боотурун таҥаһын-сабын, туттар сэбин сэбиргэлин туһунан оҕо оонньуу сылдьан билсэр уонна өйүгэр кэбэҕэстик хатыыр. Саҥа ылбыт билиитин оонньуур кэмигэр сатабылга сыһыаран тэҥҥэ сайдан оонньуур уонна аттаран быһаара үөрэнэр.  Оҕо оонньуу кэмигэр алтыһан сэһэргэһэрэ тупсар, тылын-өһүн  саппааһа байар, хамсаныылаах түгэннэри эбэн  этин-хаанын эрчийэр, дьүһүмэлин, толкуйдуур дьоҕурун табыгастаахтык сайыннарар.

Сонор уол оҕону Боотур буоларга  уһугуннаран оонньотор.  Уол оҕо инники баҕатын күүһүрдэр,патриотическай тыыҥҥа, сиэр-майгы өттүнэн   иитэр, омук быһыытынан  ураты тыынын иҥэринэ улаатарыгар олус туһалаах оонньуу буолар. Оонньууну баһылыах иннинэ быраабылатын билэр наада. Кылгастык билиһиннэрэр буоллахха

 

Оонньуу быраабылата:Хаамыыны оҥорорго төгүрүк ньыкаалар бэйэ-бэйэлэригэр ыкса сыстыахтаахтар.

Оонньуу   хонуутун таһыгар тахсар көҥүлэммэт.

Сөп эппиэти биэрбит оҕо биир хардыыны оҥорор, 1ньыкааҕа саппаас ньыкааны сыһыары тутар.

 

Сорудахтары сөпкө эппиэттээбит,толорбут оҕо инники таҕыстаҕына  ылбыт кыайыыта ааҕыллан «Айыы  Боотур»  аатын ылар. Онон ким мэһэйдэри туораан, сорудахтары толорон, инники кирбиигэ кэлбит , сахалыы санаанан … Харыс үрдээн, өттүк хараланан кыайыыны  ситиһэн үөрэр-көтөр.

Уол оҕоҕо кыра  сааһыттан дьулууру-сатабылы сайыннаран иитии оҕо инники олоҕор олус улахан оруолу ылар. Сонор оонньуу дьиэ-кэргэн иллэҥ кэмин атаарарыгар табыгастаах аралдьыйыыбуолуон сөп. Ол курдук дьиэ-кэргэҥҥэ истиҥ сыһыан улаатар, бэйэ икки ардыгар өйдөһөр матыып үөскүүр, төрөөбүт  норуоппут оонньуута үйэтитиллэр. Онон бу  оонньууну дьиэ-кэргэнбүттүүнэ оонньуура олус туһалаах.

 

Захарова  А.Е – уһуйаан  фольклорга  уһуйааччыта.