Сулусчааннар сонуннара

18.11.2016 Үтүө күнүнэн! «Сулусчааннар» сэргэх сонуммут дэлэй. Ол курдук сэтинньи ыйбыт Байанай ыйа буолан олус тэрээһиннээхтик уонна сэргэхтик саҕаланна. Алгыстаах алаһаҕа ый уратытын элбэҕи биллибит. — Байанайдаах баай барылы баайгыттан биэрэ турдун диэн анаан хаартыска быыстапкатыгар кытынныбыт. — Күөх Боллох Читать дальше …

Нэдиэлэ түмүктэрэ

11.11.2016 Нэдиэлэни элбэх билиилээх түмүктээтибит. Уһуйааммыт үбүлүөйүн көрсө арас тэрээһиннэр саҕаланнылар. Календарбыт күн аайы үбүлүөй буолара хас хонук хаалбытын көрдөрөн оҕолуун, үлэһиттэрдиин долгуйабыт. Бу нэдиэлэҕэ ырыа күрэҕэр кыттаммыт уһуйааммыт чиэһин көмүскээтибит. Сулусчаан олоҕуттан: Бугун уолаттарга аналлаах «муҥха киэһээтэ» буолан ааста. Манна  биһиги уолаттарбыт Читать дальше …

Бүгүҥҥү сонуннар

09.11.2016 Тапталлаах уһуйааммыт 35 сааһын туолар биир ыйдааҕы сырдатар-сэһэргиир сахалыы ис хоһоонноох халандаарбыт бары көрүүгүтүгэр ыйанна.  Биһиги Сулусчааннар бу үөрүүлээх күнү үөрэ-көтө үрдүк таһымнаах көрүстүбүт. Ол курдук сарсыардаттан төрөппүттэрбитин кытта бииргэ түмсэн «Сэргэлээх уоттара» культурнай кииҥҥэ ырыа күрэҕэр «Мин тапталлаах Мичээрим» диэн уһуйааммыт Читать дальше …

Эҕэрдэ!

03.11.2016 «Сулусчааннар» — эҕэрдэ ыытабыт уһуйааммыт үлэһиттэригэр, иитээччилэрбитигэр, төрөппүттэрбитигэр. Эйэлээх, сомоҕолоһуулаах буолуу күнүнэн! Бары иллээх үтүө дьон буолан куруук үөрдэ сылдьыахпыт. Күннэтэ улаатан элбэх билии ылынан оскуолаҕа барарга кыһаллабыт.

Сулусчааннар сахалыы оонньуулара

О5о саҥарар дьоҕурун бэйэ оҥоһуга оонньуурдарынан оонньотон сайыннарыы  олус интэриэһинэй уонна кэрэхсэбиллээх.  Оонньууну оҕо санаатын  көрөн-истэн талбыт салайан уларытан биэриэххэ сөп. Арыт бииргэ оонньоон оҕоҕутун үөрдүҥ диэн сүбэлиибит: « Этэрбэстэр» Оскуола5а киириэн иннинээ5и  саастаах о5о остуол  тула  олорон  оонньуура Туттуллубут Читать дальше …

Иитээччи Ефимова Матрена Степановна сүбэлиир

Үтүө  күн буолуохтун! Кыра оҕо саҥарар саҥата баай ис хоһоонноох буоларыгар күннэтэ кыһаллан дьарыктыыр олус наадалаах уонна туһалаах. Сынньалан күннэргэ, иллэҥ кэмҥитигэр кырачааннаргытын кытта оонньуу таарыйа дьарыктанаргытыгар сүбэлиибит: Саҥарар саҥаны сайыннарыы Дорҕоону чуолкайдык саҥара  үөрэнэргэ оонньуулар: “Тылы ситэр”     Читать дальше …

Куруһуок дьаарбаҥката

Күн аайы араас кружоктарга сылдьан сайдабыт. Хас биирдии оҕо бэйэтэ интэриэһиргиир кружогар сырыттын диэн уһуйааммытыгар «Куруһуок дьаарбаҥката» буолла. Бииртэн биир эгэлгэ куруһуок элбэҕэ сөхтөрдө. Таларга уустук буолан иитээччилэрбитигэр сүбэлэтэн оҕолорбут баҕаларын учуоттаан суруйтардыбыт. 

Чинчийэр эйгэ көрдөрүүтэ

25.10.2016 Бүгүн биһиги уһуйааммытыгар олус интэриэһинэй күн ааста. Ол курдук биһиги иитээччилэрбит араас ааттаах бөлөхтөргө арахсан сонунтан-сонун ис хоһоонноох тэрээһиннэри ыыталлар.                                         Читать дальше …