Сэтинньи,ахсынньы ый устата «Урумэччи» болох о5олоро «Минньигэстик аhаан» бырайыакка кытыннылар. Тохсунньу,олунньу ыйдарга о5олор «Аптаах уу» бырайыакка улэлэьэ сылдьаллар.Сыала: ууга харыстабыллаах сыьыаны иитии, уу — тонон муус буолар, сылааска ууга кубулуйар диэн экперименнары оноруу. Сыала: о5о тылын саппааhын байытыы, дьуhуну арааран Читать дальше …
Рубрика: Урумэччи
Үрүмэччи сонуннара
Бүгүн сэтинньи ыйга сылын аайы үгэс буолбут күрэх буолан ааста. Сэтинньи ый — Баай Байанай ыйа. Бу кэмҥэ биһиги оҕолорбутунаан булт-алт, балыктааһын, булт тэриллэрин, сүөһү-сылгы, көтөр-сүүрэр, күөл, өрүс балыктарын туһунан элбэҕи кэпсэтэбит, чинчийэбит, оонньуубут. Ол курдук бүгүн эти-сиини эрчийэр инструктор Читать дальше …
Үрүмэччи сонуннара
Алтынньы 22 күнүгэр «Урумэччи» белеххе тереппут, Степанова Ирина Владимировна, Снежана ийэтэ олус интэриэһинэй уруһуйу уруһуйдатта. Файл, маркер, гуашь, полиэтиленовай шаблон туһанан оҕолор дуоһуйа уруһуйдаатылар. Тумугэр фонаригынан араас уеннэри-кейуурдэри ойуурга кердеен булан уердулэр-кеттулэр. Бу нэдиэлэ олус интэриэһинэйдик, кехтеехтук ааста. Оҕолорбут билиилэрэ Читать дальше …
«Үрүмэччигэ»
Туустаах тиэстэнэн бугун «Улитка» онордубут. Тиэстэни уунан бэйэ бэйэтигэр сыһыарарга, мэһийэргэ үөрэннибит, кырааскалаатыбыт. Маастар-кылааһы Сахая Ивановна, Саян ийэтэ кэлэн ыытта. «Үрүмэччи» бөлөх оҕолоро уонна иитээччилэрэ эдэр ийэ5э махталбытын тиэрдэбит. иитээччи Аргунова М.Г.
«Үрүмэччигэ» мастер-класс
Бүгүҥҥу киэһэбитигэр «Үрүмэччигэ» эмиэ интэриэһинэй маастар-кылаас буолан ааста. Сарыалбыт ийэтэ Айталина Петровна куукулаҕа хайдах быһан таҥас тигиллэрин билиһиннэрдэ. Биһиги бөлөх кыргыттара ийэлэринээн кэлэн малярнай скотч көмөтүнэн хайдах лекало быһыллар ньыматын билистилэр, сэргээн үөрэннилэр. Дьиэлэригэр баран иистэниэх буолан астынан, уерэн-кетен тар5астылар. Читать дальше …
«Үрүмэччи» ыалдьыта
Саха сиригэр биллиилээх баянист Раиса Николаевна биһиэхэ «Үрүмэччигэ» ыалдьыттаата. Баян диэн бэйэтин музыкальнай инструменын билиһиннэрдэ. О5олорбутун ыллатан, үҥкүүлэтэн аралдьытта. Араас омук үҥкүүлэрин тыаһатан иһитиннэрдэ, биһиги үҥкүүлээн көрдөрдүбүт. Түмүгэр махтанаммыт бэйэбит оҕолорбут оҥорбут харысхалларын бэлэх ууннубут. иитээччи Аргунова Марфа Григорьевна.
«Үрүмэччи» сонуннара
Бүгүн «Үрүмэччи» бөлөххө Саха сирин ийэлэрин күнүгэр аналлаах нэдиэлэ чэрчитинэн биһиги Даянабыт ийэтэ Күннэй Николаевна бичиэнньэ оҥорорго маастар-кылаас оҥортордо. Тиэстэни бөлүөгүнэн тэнитэргэ, бичиэнньэни форманнан быһарга уонна киэргэтэргэ үөрэттэ. Астаабыт минньигэс аспытын духовка оһоххо куукуна5а повардарга буһартардыбыт. Уонна сыалай биир таас Читать дальше …
«Үрүмэччи сонуннара»
Муус устар 25, 26 күннэригэр «Үрүмэччи» бөлөх оҕолоро куораттааҕы куонкурустарга В.Н. Николаев салайааччылаах кыттан кэллилэр. Маҥнайгы күрэспит уокуруктаа5ы «Битва хоров» «Чуораанчык» уһуйааҥҥа буолла . Алта уһуйаан хуордарыттан биһиги «Кыайыы» диэн ырыабыт II истиэпэннээх лауреат аатын сүктэ. Иккис күрэспит куораттааҕы «Уруйдуубун Читать дальше …
«Ойуулаах оҕуруо»
Отонноотоххо оҥоойук туолар. Ойуулаах оҕуруо куруһуокка иккис сылын 11 кыыс дьарыктанар. муус устар 24 күнүгэр түмүктүүр дьарыкка төрөппүттэр ыалдьыттаатылар. Бу сыл тугу сатаабыттарын быыстапкалаан, оҕуруолары, декоративнай мозаиканы, блескалары, пайеткалары хартыынаҕа сыбаан, килиэйдээн ийэлэригэр маастар-кылаастаан көрдөрдүлэр. Сыралаах үлэбитин көрөн төрөппүттэр сэргээтилэр, Читать дальше …
«Үрүмэччигэ» Дьокуускай куорат туһунан билистибит
Биһиги бөлөххө бу нэдиэлэҕэ Сахабыт сирин киин куоратын Дьокуускай туһунан билистибит. Оҕолор төрөппүттэрин кытары куоракка саамай кэрэ көстүүлээх миэстэлэри макет оҥорон аҕалан бэйэ бэйэлэригэр ким тугу билбитин-көрбүтүн кэпсээтилэр. Павлов Айархаан ийэтинээн Орджоникидзе болуоссакка турар фонтаны үүт үкчү пластилинынан, оҕуруонан киэргэтэн Читать дальше …