Ийэ-аҕа улаханнык мөхпөккө-такайбакка да, аҥаардас бэйэтин үтүө холобурунан иитэрэ оҕоҕо олус тиийимтиэ. Маныаха төрөппүт оҕотугар бэйэтин итэҕэс өттүн көрдөрбөт, иһитиннэрбэт буола сатыахтаах.
Бэйэ холобурунан иитии- оҕону иитии саамай күүстээх ньымата буоларын өйдөөн, оҕолорбут баалларыгар, көрөн-истэн чоҕулуһан олордохторуна, туох да куһаҕан быһыыбытын көрдөрбөппүт буоллар, дьэ кырдьык, хорсун быһыы буолуох этэ.
Оҕо барахсан киһини билиэҕиттэн саамай чугас, күндү дьонунан ийэлээх аҕата буолаллар. Онон, бэйэтэ да билбэтинэн, кинилэри идеал оҥостор, батыһар. Ол да иһин ийэлээх аҕатын үтүктэн, үчүгэйдэрин-куһаҕаннарын бүтүннүү сүһэн ылан эрдэҕэ. Арай сарсыҥҥыттан ыла дьиэ кэргэттэр бука бары, киксибит курдук, оҕолоругар үтүө өрүттэрин эрэ көрдөрөн, бэйэлэрин холобурдарынан иитэн бардыннар, аны уон биэс-сүүрбэ сылынан төһөлөөх үтүө дьон иитиллэн тахсыах этилэрий….
Орто дойдуга биирдэ кэлэн барар олоҕу чуумпутук, уу нуһараҥнык олорон, үлэлээн-хамсаан, айан тутан, оҕо-уруу төрөтөн, кинилэр тустарыгар мэһэйэ-моһоло, анньыыта-харата суох, киэҥ, сырдык суолу аһан олоруоҕуҥ.
Оҕону кэрэ киһи гына иитэн таһаарарга дьиэ кэргэн уонна аҕа баһылык маннык сүрүн хайысхалары суолдьут сулус оҥосторо буоллар, хайаатар даҕаны үтүө түмүгү биэриэ этэ: киһиэхэ, бастатан туран, ийэҕэ сүгүрүйүү; ийэ-аҕа ууһун ытыктааһын; урууну-аймаҕы кытта эйэлээх сыһыан; ытык айылҕаҕа, сиргэ-дойдуга, кинилэр иччилэригэр сүгүрүйүү; өбүгэлэр үгэстэрин үрдүктүк тутуу; үлэни ытыктааһын; cаха төрүт итэҕэлин уонна төрөөбүт ийэ тыл имэҥин-илбиһин эккэ-хааҥҥа иҥэринии.
Онно барытыгар аҕа баһылык быһаарар оруолу сүгүөхтээх.
Туох барыта ыалга үнүгэс тардар аналлаах.
Туругурдун ыал аҕата-аҕа баһылык!
Туругурдун дьиэ кэргэҥҥэ ил-эйэ,дьол-соргу,таптал уонна сомоҕолоһуу!
(Василий Игнатьевич Николаев.Эн дьолуҥ-оҕо/В.И.Николаев-Дьокуускай:Бичик, 2012.-96с
Аах! Өйдөө! Туһан! Инникигин санаа!
Уһуйааччы Захарова Анна Елисеевна