Сэтинньи 20 күнүгэр » Чэбдик» бырагырааманан » Көрөр- истэр, тутар- хабар, амтаны- сыты билэр киһи органнара» — диэн оҕолорго аналлаах аралдьытыы ыыттыбыт. Онно сүрүн органнар- харах, кулгаах, айах, илии- атах туох үлэни толороллорун билиһиннэрдибит.
Аптаах остуоруйа геройдара саһыл, бөрө, эһэ оҕолорго оонньуу көмөтүнэн, сүрдээх үчүгэй туһалаах сүбэлэри, өйдөбүллэри биэрдилэр. Оҕолор сэҥээрдилэр, сэргэхсийдилэр.