«Мин ийэм идэтэ» бырайыак

Ийэ -диэн күндү киһи
Киниэхэ тэҥнээх ким баарый?
Ийэ диэн күн киһи
Кинини өрүү харыстаа!!!
«Күнчээн» бөлөххө ааспыт нэдиэлэ күн күбэй ийэлэрбитигэр ананна. Ол курдук нэдиэлэ устата ийэлэр тустарынан бэсиэдэ, ырыа, хоһоон үөрэттибит. Ийэлэрин портретын уруһуйдаан выставкалаатыбыт. Оҕолор ийэлэрэ туох идэлээхтэрин кэпсээтилэр.
«Мин ийэм идэтэ» бырайыак ыытылынна. Күн күбэй ийэлэрэбит кэлэн кыттыыны ыллылар. Лилия Васильевна тележурналист идэтин, «Биһикчээн» телепередача туһунан сырдатта. Быраас идэлээх Евдокия Сергеевна уонна Зоя Андреевна студеннары уһуйар кинилэр, кэлэн идэлэрин туһунан оҕолорго кэпсээтилэр. Түмүгэр оҕолорго «Ийэҕэ махтал» хоһоон аахтылар, «Мама -солнышко мое» ырыанан эҕэрдэлээтилэр, бэйэлэрэ оҥорбут оҥоһуктарын ис сүрэхтэн туттардылар.
Ийэ-туохха да тэҥнэммэт күндү киһи!
Олоххо сирдиир сулус, араҥаччылыыр, харыстыыр аанньал!
Үрдүктүк тутун Ийэ аатын!!!
Ийэлэрбитигэр барҕа махтал!!!
Иитээччи Урбагаева М.И.

WhatsApp Image 2018-10-21 at 09.21.36WhatsApp Image 2018-10-21 at 09.19.04WhatsApp Image 2018-10-21 at 09.16.47

WhatsApp Image 2018-10-21 at 09.16.59WhatsApp Image 2018-10-21 at 09.17.49 WhatsApp Image 2018-10-21 at 09.17.50