Сэтинньи ый 14 күнүгэр, Аан дойду үрдүнэн логопедтар күннэригэр,биьиги уһуйааммытыгар «Мин ийэм логопед» диэн төрөппүттэргэ аналлаах практическай семинар буолан ааста.
Уһуйааммыт логопедтара Семенова Ю.А., Иннокентьева Н.Ф. оҕо саҥатын сайыннарар эрчиллиилэри, дорҕоону араара истэр дьоҕуру тупсарар ньымалары, тарбах былчыҥнарын эрчийэр оонньуулары кэпсээтилэр, көрдөрдүлэр. Төрөппүттэрбит саҥарар аппараат былчыҥнарын сайынарар артикуляционнай эрчиллиилэри оҥорон көрдүлэр. Дьиэҕэ “оҕо саҥатын хайдах сайыннарабыт” диэн боппуруоска, араас сүбэлэри ыллылар.
Биьиги уһуйааммыт логопедтарын, тыл сайдыытыгар анааллаах, илиинэн оҥорбут оонньуурдарын, пособияларын выставкатын сэҥээрэн көрдүлэр. Кэлэн кыттыыны ылбыт төрөппүттэрбитигэр махтанабыт!