Олонхонон остуол оонньуулара

Күнчээн бөлөххө «Дьурулуйар Ньургун Боотур» олонхону оонньуу нөҥүө билсистилэр. Ону тэҥэ биһиги төрөппүтэрбит оҥорон аҕалбыт олоҥхо дьоруойдарын валяктан, пластилинынан оҥоһуллубут оҥоһуктарынан оонньоотулар. Сөбүлээбит олоҥхо дьоруойдарын мэһийии көмөтүнэн оҥорон көрдүлэр, тугу оҥорбуттарын кэпсээтилэр. Олонхонон остуол оонньууларынан оонньоон тылбытын сайыннарабыт, байытабыт.
Ити курдук оонньоон элбэҕи билиэхпит диэн эрэнэбит.
Иитээччи Урбагаева М.И.