Сэтинньи 23 күнүгэр биһиги уһуйааммытыгар «Мындыр өй» куруһуокка сылдьар оҕолорго уонна төрөппүттэргэ хабылыкка, хаамыскаҕа, күөрчэх ытыйыыга бэлэмнэнии бөлөхтөргө күрэх ыытылынна.
Биһиги «Күнчээн» бөлөхтөн Саввиновтар, Сысолятиннар, Христофоровтар дьиэ киэргэннэрэ кэлэн кыттыыны ыллылар.
Барыта 9 дьиэ кэргэн хамаандата остуол оонньуутугар күрэхтэстилэр.
Түмүккэ «Күнчээн» бөлөхтөн 1 миэстэни Саввиновтар, 2 миэстэни Сысолятиннар, 3 миэстэни «Кэнчээри» бөлөхтөн Нифоновтар дьиэ киэргэттэрэ миэстэҕэ тигистилэр.
Кэлэн кыттыбыт төрөппүттэрбитигэр барҕа махталбытын тириэрдэбит!
Иитээччи Урбагаева М.И.