Гигиеническэй иитии инструктора Стручкова О.Е. уонна «Чэгиэн» тэрийэр бөлөх сэтинньи 15 күнүгэр оӄолор чөл олох туһунан билиилэрин хаҥатарга, түргэн, сымса, тулуурдаах буолалларыгар туһаайыллыбыт көрдөөх эстафетаны, сэтинньи 22 күнүгэр «Биhиги чэгиэн дьиэ кэргэммит» диэн оӄолор төрөппүттэрин кытта оҥорон бэлэмнээбит бырайыактарын көрүү куонкуруһун ыыппыттара.
Сэтинньи 16 күнүгэр «Сайдыс» дьиэ-кэргэн кулууба тылы сайыннарар бөлөх оӄолоругар, көр-нар оонньуулардаах “Оҕо саас бырааһынньыга” диэн аралдьыйыы тэрийдэ. Оӄолор араас сорудахтары толорон, оонньоон, үӊкүүлээн дуоhуйа сынньаммыттара, түмүгэр Пиньята кэhиитин үллэстэннэр үөрүүлэрэ үксээбитэ.
“Өркөн” тэрийэр бөлөх көҕүлээһининэн “Мичээр” уонна Хатастааҕы «Кэрэчээнэ» уhуйааннар оскуолаҕа бэлэмнэнии бөлөх оӄолоро Zoom нөҥүө көрүстүлэр, сонуннарын үллэстиннилэр, эҕэрдэлэһэн ырыа ыллаатылар, хоһоон аахтылар, чөл олох тиэмэтигэр бырайыактарын кэпсээтилэр.
Алтынньы-сэтинньи ыйдарга уйулҕа доруобуйатын ыйа буолан ааста. Бу тэрээһин чэрчитинэн уhуйаан психолога Турантаева А.Н. «Оонньуу көмөтүнэн доруобуйабытын тупсарабыт» диэн педагогтарга психологическай тренинг, «Дьиэ-кэргэним үгэстэрэ», «Дьоллоох оҕо дьиэтэ», «Саамай-саамай…», «Мотивация истиэнэтэ» диэн араас акциялары уонна да атын туhалаах тэрээhиннэри ыытта.
Сэтинньи 25 кунугэр логопункт уонна тылы сайыннарар бөлөх төрөппүттэригэр Zoom нɵӊүɵ “Мин ийэм логопед» семинар-практикум буолла. Семинар темата: «Тарбахпытын эрчийэбит, мэйиибитин сайыннарабыт». Уhуйааммыт логопедтара Семенова Ю.А. уонна Иннокентьева Н.Ф. оӄо тарбахтарын былчыӊнарын сайыннарар анал эрчиллиилэри, нейропсихологическай оонньуулары төрөппүттэргэ көрдөрбүттэрэ, туһаналларыгар сүбэлээбиттэрэ. Бу эрчиллиилэр бэрт судургулар эрээри, оӄо мэйиитэ сайдарыгар олус суолталаахтарын быhаарбыттара.
Сэтинньи бүтэһик нэдиэлэтигэр Олоҥхоҕо аналлаах араас тэрээһиннэр ыытылыннылар. Ол курдук, «Олоҥхо оҕо хараҕынан» уруһуй быыстапката, “Олоҥхо дойдутунан айан” сахалыы хамсаныылаах сарсыардааҥҥы эрчиллиилэр, сахалыы остуол оонньуутугар күрэхтэр. Түмүгэр “Мин эйгэм” тэрийэр бөлөх туруорбут «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону куукула тыйаатырыгар ыалдьыттаан оҕолор олус сэҥээрэн, үөрэ-көтө көрдүлэр.
Сэтинньи 24 күнүгэр “Имигэсчээн илиичээн”, “Мындыр өй” куруһуок салайааччыта Захарова А.Е. бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар сахалыы остуол оонньууларын күөрчэх, хабылык көрүҥнэригэр күрэх тэрийдэ.
«Мичээр лэнд» тэрийэр бөлөх сэтинньи 30 күнүгэр Баай Барыылаах Байанай ыйын түмүктээн уһуйаан улахан бөлөх оӄолоругар оонньуу-аралдьыйыы ыытта. Уолаттар булчут сиэринэн сири-уоту аһатан бултаатылар, туһах, хапхаан туруордулар, куһу, куобаҕы ыттылар, балыксыт буолан муҥхалаатылар, күөгүлээтилэр. Кыргыттар — дьиэ хаһаайкалара собо балыгы ыраастаан минньигэс миин буhардылар, кус түүтүн үргээн сыттык тиктилэр.
“Оҕо оонньоон киһи-хара буолар” диэн норуот өһүн хоһоонугар этиллэринии, оонньуу таарыйа оҕо олох кэрэтигэр уһуйуллар үтүөнү-мөкүнү сатаан араарар, быһаара, төрөөбүт норуотун үтүө үгэстэрин ытыктыы улаатар. Оҕо оонньоон кыра сааһыттан тулуурдаах, булугас, сатабыллаах, култууралаах, толкуйдаах, аттаран көрөр сатабыллаах сайдан улаатар.